Page 102 - Саха тыла 1 кылаас
P. 102

4. Утары суолталаах тылынан ситэр.
1. Дириҥ күөл — ... күөл. 2. Хараҥа түүн —
... түүн. 3. Сэмэй уол — ... уол.
5. Утары суолталаах тыллары бул.
суон — ... үрдүк — ... сытыы — ... бөҕө — ... халыҥ — ... кирдээх — ... саҥа — ... кылгас — ... итии — ...
6. Этиилэргэ сөптөөх тылы туруоран аах.
1. Сайыҥҥы күн ... . Кыһыҥҥы күн ... . (кылгас, уһун) 2. Саахар ..., оттон туус .... (аһыы, минньигэс) 3. Чох ..., оттон хаар ... . (маҥан, хара) 4. Тиит ..., талах.... (үрдүк, намыһах)
7. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Ханнык тыллары биллиҥ?
2. Тоҕо утары суолталаах тыллар диибитий?
8. Буочаргын тупсар.
Таба, сыыһа, мөлтөх, күүстээх, саас, күһүн.
 102
       





















































































   100   101   102   103   104