Page 79 - Саха тыла 1 кылаас
P. 79
Убайа хардарбыт:
— Баһыыба, тапталлаах быраатым! Эйи гин эмиэ ис сүрэхпиттэн бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Мэлдьи доруобай, көрсүө, сэмэй буол! Ийэлээх аҕаҕар куруук көмөлөс. Тылларын иһит.
y Ким эҕэрдэтэ ордук үчүгэйий? Хайалары гар киһини үөрдэр курдук эҕэрдэлииригэр сүбэлиэҥ этэй? Тоҕо?
Нуучча тылын дор±оонноро уонна буукубалара
З, Ц, Щ — нуучча тылын бүтэй дор ҕооннорун буукубалара.
1. Тыллары таай.
1. З буукубаттан саҕаланар кыылбын. 2. Ар дахха кэтиллэр соммун. 3. Төгүрүмтэни оҥорор тэрилбин. 4. Бэрээдэги көрөр массыынабын.
y Тыллары чуолкайдык саҥар. Ханнык дор ҕоон үгүстүк иһиллэрий?
79