Page 99 - Саха тыла 1 кылаас
P. 99
3. Сөп түбэһэр тылы талан суруй.
1. (Чулуу, туйгун) булчут. 2. (Маҥан, үрүҥ)
былаах. 3. (Түргэн, сыыдам) ат.
4. Маарыннаһар суолталаах тылынан солбуй.
1. Кыраҕы харах — ... харах. 2. Им балай түүн — ... түүн. 3. Сэмэй уол — ... уол.
5. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Ханнык тыллары биллиҥ?
2. Тоҕо маарыннаһар тыллар диибитий?
6. Буочаргын тупсар.
Сэмэй, көрсүө, аарыма, улахан.
7. Болдьох диэн тыл суолтатын быһаарыы лаах тылдьыттан бул.
8. Тылы дорҕоонунан ырыт.
Киэһээҥҥи — ... дорҕоон, ... буукуба, ... сүһүөх.
99