Page 37 - САХА ТЫЛА 2 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 37
10. Аахпыттан дьыктаан. КУОБАХЧААН
Биир кыһын биһиги тыаҕа оонньуу бардыбыт. Арай хатыҥ анныгар туох эрэ сытар эбит. Биһиги хаар дии санаатыбыт. Мин хаарынан оонньоору бардым. Өйдөөн көрбүтүм, кыпкыра хара харах таах, кыпкыра кутуруктаах куобах оҕото эбит.
yyКуобаҕы бултуурга туһаныллар булт тэриллэрин дьоІІуттан ыйыталаһан суруй, паапкаҕар ук.
11. Суругу аах. Мичил харда суругун ситэр.
Күндү оҕом Мичил, дорообо!
Хайдах айаннаан тиийдиҥ? Эһэлээх эбэҥ до
руобуйалара хайдаҕый?
Биһиги үлэлии сылдьабыт. Уоппускабытын ылыах
пыт өссө да ыраах. Кытаатан үчүгэйдик сырыт. Биһиги өрөбүлгэ бара сатыахпыт. Элбэх сонуннаах сурукта суруй, күүтүөхпүт.
Ийэҥ
Дьонум дорооболоруҥ!
Эһиги суруккутун туттум, олус ... . Ийээ, улахан
... .
Мин этэҥҥэ айаннаан кэллим. Эһэлээх эбэм
үчүгэйдэр. Кэһиигитигэр ... . Манна итии да итии.
37