Page 114 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 114
2. Тыллары наардаан суруй.
Сибэкки, юла, тиит, куукула, ынах, отон, ааҕар,
сылгы, кубик, ыллыыр, куоска, үүннэрэр.
yyХайдах наардаатыҥ? Тоҕо? 3. Тыллар ситимнэрин оҥор.
Сырдык ... , ... сүүрэр, кыһыл ... , ... ыллыыр, уһун ..., ... үүммүт.
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ?
4. Тыллары сааһылаан этиилэри оҥор.
Бастакы, сайын, сэбирдэх, ситэр, аҥаарыгар. Хонуу, сибэкки, ньуура, өҥүнэн, киэргэйэр, араас. Этэн, ойуурга, чоргуйар, кэҕэ. Үтүө, күөҕүнэн, са йын, наскыйар.
yyТуох санааҕа кэллиҥ?
yy3—4 этиигэ ыйытыыта туруор.
5. Тиэкиһи аах.
Стёпа доҕоро Никиталыын сааскы киэһэ дьаар байа бардылар. Кинилэр сааскы сөрүүн салгыҥҥа тартаран хаамсан истилэр. Айылҕа, отмас көҕөрөн олус кэрэ. Кинилэр бу кэрэ айылҕаны кэрэхсии, сэргии көрөн турдулар.
114