Page 34 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 34
1. Аах. Харанан бэлиэтэммит тыллары утары суолталаах тылларынан солбуй.
Кырдьаҕас киһи, куйаас сайын, уһун күн, чуумпу сарсыарда.
2. Сөптөөх тыллары туруор.
Үрүҥ былаат — ... былаат, кыра эһэ — ... эһэ,
ньулуун миин — ... миин.
3. Утарыта суолталаах тылларынан ситэр.
Буспут дьэдьэн — ... дьэдьэн, куораттан кэл лэ — куоракка ..., сылаас күн — ... күн, хорсун оҕо — ... оҕо.
4. Утарыта суолталаах тыллары толкуйдаа. Арый — сап, кирдээх — ыраас, халыҥ — ча
раас, ...
5. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Ханнык тыллары кытта билсистиҥ?
2. Тоҕо утары тыллар диибитий?
6. Буочаргын тупсар.
Сытар дүлүҥ* анныгар уу киирбэт.
yyБэлиэтэммит тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан бул.
34