Page 41 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 41
3. Аах. Биридимиэт бэлиэтин көрдөрөр тыллары бул.
1. Биhиги саҥа дьиэҕэ көстүбүт. 2. Кырдьаҕас таайым аал уотун аhатта. 3. Арҕааттан күүстээх тыал түстэ. 4. Убайым сытыы сүгэнэн мас суорар. 5. Дьоммут эргэ ампаары көтүрдүлэр. 6. Ваня олус сэмэй майгылаах.
yyТөрдүс этии тылын аайы ыйытыыта туруор. 4. Ыйытыыга хоруйдаа.
Биридимиэт бэлиэтин көрдөрөр тыллар бири димиэт ханнык бэлиэлэрин көрдөрөллөрүй?
5. Буочаргын тупсар.
Көрсүө, сэмэй быhыы киhини киэргэтэр.
6. Төҥүргэс диэн тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан бул. Тылы сөпкө саҥарарга, су руйарга эрчилин. Сүhүөхтэргэ араар.
7. Ханнык биридимиэттэр маннык бэлиэлээх буо лалларый? Тыллар ситимнэрин оҥор.
Төгүрүк ... , ньолбоҕор* ... , хаптаҕай ... , уhук таах ..., кырыылаах ..., сиидэс ..., алтан ..., мас ..., туос ..., тимир ..., солко ....
41