Page 47 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 47

6. Күрдьүк диэн тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан бул. Тылы сөпкө саҥарарга, суру­ йарга эрчилин. Тылы фишканан бэлиэтээ.
7. Таабырыны таай.
Сайын саҕынньаҕын кэтэр, кыһын устан кэби­
һэр баар үһү.
yyСүһүөхтэргэ араар. Үрдүнэн сүһүөх арааһын көр­ дөр.
8. Хоhоону хаста да хатылаан аах. Кинигэҕин сабан баран суруй. Харанан бэлиэтэммит тыл­ лары атын ханнык тылларынан солбуйуохха сөбүй?
Сып­сытыы харахтаах, Сып­сыыдам атахтаах, Сытымсах муруннаах, Истигэн кулгаахтаах Булчукка сонордьут*, Бостуукка маныыhыт Иитиэх ыт барахсан Туhата улахан.
Сергей Васильев
yyБэлиэтэммит тыл суолтатын быһаарыылаах тыл­ дьыттан бул.
47
      
























































































   45   46   47   48   49