Page 57 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 57

10. Хоһоону үөрэт, онтон өйтөн суруй.
Бэйэбит турабыт, Бэйэбит таҥнабыт, Бэйэбит суунабыт, Бэйэбит аһыыбыт.
Ыһылла сытары Ыламмыт уурабыт. Кирдээҕи, быыллааҕы Кичэйэн сууйабыт.
Пётр Одорусов
yyХайааһыны көрдөрөр тыллары булан эт. Бүтэ­ һик этии тылын аайы ыйытыыта туруор.
11. Хоһоону аах.
Куһаҕан тыллары туттан Куһаҕан тыыны үөрдүмэ, Хайҕал тылы харыстаан Хаарыан дьоҥҥун хомотума.
Айыл
yyХаннык үчүгэй тыллары билэҕин?
yyЧугас дьоҥҥор, доҕотторгор хайҕал тыллары
төһө этэҕиний?
 Өйдөө! Куһаҕан тылтан кыатан, үчүгэй тылы харыстаама.
57
     





















































































   55   56   57   58   59