Page 70 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 70
СИТИ¤ИИБИТИН СЫАНАЛАНАБЫТ,
БИЛИИБИТИН БЭРЭБИЭРКЭЛЭНЭБИТ
1. Ханнык тыллар хайааһыны көрдөрөр тыллар диэн ааттаналларый?
а) Биридимиэт тугу гынарын көрдөрөр тыл лар.
б) Биридимиэт бэлиэтин көрдөрөр тыллар.
2. Хайааһыны көрдөрөр тыллар ыйытыыларын бул.
а) Хайдах? ханнык?
б) тугу гынар? хайыыр?
3. Хайааһын билигин буола турарын бэлиэтиир тыллары бул.
а) Ааҕар, сууйар, суоттуур;
б) оонньуоҕа, оҥорбута, күлүө.
4. Элбэх ахсааны бэлиэтиир тыллары бул. а) Барда, ааҕар, сиир;
б) ыллыыллар, бүтэрбиттэр, ууруохтара.
5. Күрүлгэн диэн тыл суолтатын бул.
а) Күүстээх дохсун сүүрүк, үөһэттэн тохтон түһэр уу.
б) Өрүс туруутугар устар бытархай муустар.
70