Page 78 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 78

2. Уһул. Этии тутаах тылларын ыйытыы көмөтүнэн бул. Аннынан тарт.
Нина оскуолаҕа үөрэнэр. Кини барыны бары сатыыр. Онон эбэтин абырыыр. Нина эбэтин аах­ ха олорор. Кини эбэтин тылын куруук истэр.
yyЭбэ туһунан хоһоонно булан суруй, үөрэт, паапкаҕар ук.
3. Өс хоһооннору сөпкө сааһылаа уонна суруй. 1. Атах, туһугар, тостор, атах. 2. Таптыыр, суол,
аргыһы. 3. Туолар, оҥоойук, отонноотоххо.
4. Этии иккис тутаах тылын булан этиилэри си­ тэр. Этии тутаах чилиэннэрин аннынан тарт.
1. Биһиги бөһүөлэк уһугар .... 2. Хаар уулан .... 3. Сааскы айылҕа .... 4. Кэҕэ кэрии тыаҕа .... 5. Чыычаахтар эгэлгэ ырыаны ....
yyБастакы этии тылын аайы ыйытыыта туруор. 5. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Этии тутаах тыллара ханныктарый?
2. Этии тутаах тылларын хайдах бэлиэтиибит?
6. Буочаргын тупсар.
Кырдьаҕас киһи сүбэтэ дьолго тиэрдэр.
 78
      





















































































   76   77   78   79   80