Page 87 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 87

10. Тыл олоҕун уонна сыһыарыытын бэлиэтээ. Оскуолаттан —
11. Таабырыннары таай.
1. Улуу ытык ыспыт кумаҕын ким да кыайан хомуйбат үһү. 2. Ааҕан сиппэт аҕырыа тохтор үһү. 3. Саас үөрдэр, сайын сөрүүкэтэр, күһүн аһатар, кыһын ириэрэр баар үһү. 4. Уу да ылбата, уот да сиэбэтэ баар үһү. 5. Сарсыарда аайы көрсөр, киэһэ атаарар баар үһү. 6. Дьиэттэн дьиэҕэ тиэр­ дэр да, дьиэ иһигэр киирбэт баар үһү. 7. Сыс­ пат да, мөхпөт да, киниттэн бары ытыыллар үһү. 8. Кэллэрбин эрэ кэпсиэм, төннөрбөр төрүт саҥа­ рыам суоҕа диир баар үһү.
12. Хоһоону үөрэт. Өйтөн суруй.
Тымныы кыһын үүрүллэн Дьыбар*, кыыдаан* кыйданна. Күндэл* сааспыт эргиллэн Күммүт күлүм уоттанна.
Архыып Абаҕыыныскай
yyБүтэһик этии тылын аайы ыйытыыта туруор. yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыы­
лаах тылдьыттан бул.
87
     

























































































   85   86   87   88   89