Page 105 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 105
10. Уһул.
СИМФОНИЧЕСКАЙ АРКЫАСТЫР
Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн бара турдаҕына, бу аркыастыр Саха сиригэр тэриллибитэ. Ол да буоллар, оннооҕор ол кэмҥэ профессиональнай аркыастыр, муу- сука наада эбит. Симфоническай муусука диэни хаһан да истибэтэх саха тыатын дьоно төһө эрэ сэргээтилэр, санаалара төһө эрэ көтөҕүлүннэ.
Симфоническай аркыастыр тэриллиитэ Галина Васи- льевна Кривошапко аатын кытта ыкса сибээстээх. Кини салалтатынан аркыастыр аан дойдутааҕы музыкальнай классиканы уонна саха хампаһыытардарын айымньыларын норуокка тиэрдэн кэллэ.
yyНуучча тылыттан киирбит даҕааһын ааттары долгун сурааґынынан аннынан тарт, сыһыарыытын бэлиэтээ.
yyСаха сирин симфоническай аркыастырын туһунан бу- лан аах, бэлиэтэн, паапкаҕар ук.
11. Аах.
Ийэҕэ бу сиргэ Кэрэттэн кэрэтэ, Сүрэҕин сорҕото — Төрөппүт оҕото.
Ийэ баар бу сиргэ Аан дойду аанньала, Ананнын киниэхэ Барыбыт махтала.
Тихон Толомон
105