Page 114 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 114
Солбуйар аат
Аат тылы солбуйар саҥа чааһа солбуйар аат дэнэр.
Мин — бэйэҥ тускунан этэҕин. Ол аата маҥ- найгы сирэй.
Эн — доҕоргун утары көрөн туран этэҕин. Ол аата иккис сирэй.
Кини — суох эбэтэр кэпсэтиигэ кыттыбат киһи туһунан этэҕин. Ол аата үһүс сирэй.
Бу тыллар элбэх ахсааҥҥа биһиги, эһиги, ки- нилэр диэн буолаллар. Бу солбуйар ааттар сирэй солбуйар аат диэн ааттаналлар.
1. Этиилэри ситэрэн аах.
Сандал эттэ: «... хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүбүн». 2. Сандал Айаалтан ыйытта: «... саахыматынан дьарык танаҕын дуо?» 3. Мин куоскам аата — Мурзик. 4. ... түү мээчигинэн оонньуурун туохтааҕар да ордорор. 5. Сайыы на, Сардаана, Сахаайа тыйаатырга бараллар. 6. Сардаа на эттэ: «Бүгүн ... тыйаатырга барабыт». 7. Айаал, Ал- гыс, Күннэй көрүдүөргэ тураллар. 8. Учууталлара ыйыт- та: «... тоҕо тураҕыт?» 9. Арылхан уонна Сандал осто- лобуойга кэллилэр. 10. ... балык, алаадьы сиэн, кымыс иһэн дуоһуйан таҕыстылар. 11. Оскуолабын олус ахтабын. 12. ... кμн аайы билии иІэринэбин, до±отторбун кытта сэґэргэґэбин, араас куруґуокка дьарыктанабын.
yyХаннык тыллар көтμтμллμбүттэрий?
yyМин, эн, кини, биһиги, эһиги, кинилэр солбуйар аат-
тары туһанан этиитэ суруй.
114