Page 14 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 14
2. Бэриллибит исхиэмэлэринэн тыллары наардаа.
Туһаныллар тыллар: былыт, тураах, силбик*, ба раах*, бырдах, удьуор, күһүн, көмүс, оруос.
yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах тыл- дьыттан бул.
3. Ыйытыыларынан сирдэтэн ситимнээхтик кэпсээ.
1. Быйыл хайдах сайын буолла? 2. Ардах төһө түстэ?
3. От үүнүүтэ хайдаҕый?
4. Туох сир аһын хомуйдуҥ?
5. Төһө элбэхтэ сөтүөлээтиҥ? 6. Дьоҥҥор тугу көмөлөстүҥ?
4. Ыйытыыга хоруйдаа.
Саха тылыгар хас дьуптуон баарый? Араастара?
5. Буочаргын тупсар. Үүтүн тохпут оҕо курдук.
6. Итир былыт диэн өйдөбүл суолтатын быһаарыылаах тылдьыттан бул.
7. Сүөһүлэр диэн тылы сүһүөхтэргэ араар.
8. Этиини тыллар ситимнэригэр араар.
Төрөөбүт алааспар күөрэгэй ырыата дьырылыыр.
14