Page 24 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 24
10. Ыһыллыбыт буукубалары наардаан тыллары таһаар. ахыпытспа отсрот асмысыан
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ?
yyӨссө хайа бүтэй дорҕооннор хоһулаһалларын билэҕи
ний?
11. Хоһоону болҕомтолоохтук аах. Аахпыттан суруй.
ДОЎОР КЈМЈТЈ
Митя уолбут тымныйбыт, Бүгүн күүскэ ыалдьыбыт, Быраас кэлэ сылдьыбыт, Балыыһаҕа сытыарбыт.
Үөрэх күнүн куоттарыы Үгүс муҥҥа тириэрдэр: Бэйэҥ эрэ хатылыы Бэлэмнэниэҥ турдаҕа.
Доҕотторо түмсэннэр Митялыын көрсүһэллэр. «Үтүөр, кытаат!» — дэһэннэр Үөрүүлээхтик этэллэр.
Арай биирдэ аҕаалтар Учуобунньук бөҕөнү, Үөрэтэр, суоттуур, ааҕар Үлэ араас көрүҥүн.
Ыалдьа да сыттар Митя, Үөрэҕин умнубакка, Суоттуур, ааҕар, үөрэтэр — Солото суох түбүгүрэр.
24