Page 27 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 27

 2. Тиэкиһи аах.
Эһэ Сэмэн кырдьаҕас. Сааһа сэттэ уон иккитэ. Кини бастыҥ булчут этэ. Куобаҕы, тииҥи, саһылы, кырсаны бултуура.
Эһэ Сэмэн сиэнигэр Дуолаҥҥа кэпсиир:
— Былыр куобах олус элбэх буолара. Куобах этин сиигин, тириитин бэргэһэ, үтүлүк, саҕынньах, суорҕан гы­ наҕын. Барахсан сылааһа, чэпчэкитэ диэн! Мааны таҥас буоллаҕа дии!
yyСэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тыллары сүһүөххэ араа­ ран уһул, μрдμгэр арааґын бэлиэтээ.
yyИккис этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт. 3. Күнү­дьылы кэтээн көр уонна кэпсээ.
1. Дьыл хайа кэмэй?
2. Күн­дьыл туруга хайдаҕый? 3. От­мас уларыйыыта.
4. Көтөр­сүүрэр олоҕо.
5. Дьон үлэтэ­хамнаһа.
yyКүһүн туһунан ырыата булан үөрэт, паапкаҕар ук. 4. Силбэспит тыллары арааран этиини суруй.
хаһыҥсирньуурунтуртатар
5. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Сэргэстэспит бүтэй дорҕооннор диэн тугу ааттыы- бытый?
2. Сэргэстэспит уонна хоґуласпыт бμтэй дор±ооннор туох биирдээхтэрий, туох уратылаахтарый?
 27
   


















































































   25   26   27   28   29