Page 73 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 73
1. Аат тыллар бөлөхтөрүн ситэрэн суруй.
Иһитхомуос: миискэ, ... .
Таҥнар таҥас: ырбаахы, ... .
Булт тэрилэ: хапкаан, ... .
Дьиэ тэрилэ: остуол, ... .
Тиэргэн тэрилэ: күрдьэх, ... . Дьиэ кыыла: ынах, ... .
Көтөрдөр: барабыай, ... .
Алаас үүнээйитэ: от, ... . Үөнкөйүүр арааһа: үрүмэччи, ... .
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ? 2. Таабырыннары таай.
1. Күүтэллэр күүтэллэр да, хайа күн кэллэрбин эрэ, саһарга бараллар. ( ).
2. Хоту диэки солко былаат тэлимниир. ( ).
3. Кыната суох көтөр, суола суох барар баар үһү. ( ).
4. Аан ийэ дойдуну үүт курдук дьүһүннээн, күлүк кур- дук ырбаахылаан утутар баар үһү. ( ).
5. Ардах кэнниттэн алаарар баар үһү. ( ).
6. Кыната да суох көтөр, уоһа суох да үрэр, көстүбэтэр да күүһүргүүр баар үһү. ( ).
7. Самыыр түстэҕинэ, уот курбуу* халлааны хайытар эбит. ( ).
8. Лүһүгүрүүр түҥтүҥ, лаһыргыыр таҥтаҥ тыаһыыр баар үһү. ( ).
9. Саас ирэр, кыһын ититэр, сайын сүтэр, күһүн тил- лэр баар үһү. ( ).
73