Page 83 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 83

12. Бэриллибит түгэҥҥэ кэпсэтиитэ оҥор.
Айта эдьиийигэр Сахаайаҕа алаадьы астаппыт. Айта
эдьиийигэр махтанар уонна хайгыыр.
yyХайгыыр тыллары төһө сөпкө туттубуккунуй? Аат тыл ахсаана
Аат тыл биир уонна элбэх ахсааҥҥа улары­ йар. Элбэх ахсаан сыһыарыыта: -лар.
 Биир ахсаан
кинигэ хаас тииҥ
Элбэх ахсаан
кинигэ + лэр хаас + тар тииҥ + нэр
1. Аат тыллары биир, элбэх ахсааҥҥа уларыт.
Кинигэ, сөмөлүөттэр, таба, ийэлэр, дуобат, уруоктар,
күрэхтэһии, көрсүһүүлэр, кыыс, ньургуһуннар.
2. Дьиэ, ыт диэн тыллары ыйытыы көмөтүнэн уларыт. Сыһыарыытын бэлиэтээ.
 Туох? Туохта? Туохха? Тугу? Туохтар?
Туохтан? Тугунан? Туохтуун? Туохтааҕар?
yyТылы уларытар уонна үөскэтэр сыһыарыылары бул.
83
     

















































































   81   82   83   84   85