Page 93 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 93
13. Учууталга μірэнээччи ал±аґын кіннірірμгэр көмөлөс.
Мастар сиктээх буолалар. Ити маска иҥмит сиик, уу курдук тоҥон, үллэн тахсан, маһы хайыта тэбэр. Уу мус буолан тоҥуутугар улахан тыллар күүс үөскүр. Уу тоҥноҕуна — үлэн тахсар. Бытылкаҕа уну толору кутан тоҥордохо — уу бытылканы үлтү тэбэр. Чугуун иһигэр ууну кутан тоҥордохо — уу чугууну үлтү тэбэр.
yyДаҕааһын ааты булан, аннынан долгун сурааһынынан тарт.
yyБытыылкаҕа уута кутан тоҥор, туох уларыйыы буол- бутун кэтээн көр, сурун, паапкаҕар ук.
14. Тиэкискэ баар даҕааһын ааттары аннынан тарт.
Бу оҕо — нуучча. Кини баттаҕа солотуулаах, кыһыл көмүс курдук. Сирэйэ муус маҥан, хараҕа халлаан курдук сыпсырдык.
Биирдэстэрин аата — Кэнчээри. Бу оҕо — саха. Баттаҕа көмөрү хайа туппут курдук. Сирэйин өҥө сэлиэһинэй туо рааҕын курдук сапсаһархай. Хараҕа буспут моонньоҕон курдук хапхара.
15. Бэриллибит түгэҥҥэ кэпсэтиитэ оҥор.
Мичил соруда±ын быһаартараары ийэтиттэн көрдөспүт.
Кини көрдөһүүтүн хайҕааһынтан саҕалаабыт.
yyХайа түгэннэргэ көрдөһүүнү хайҕааһынтан саҕалыахха сөбүй?
yyТугу эмэ көрдөһіірμ гыннаххына, хайгыыр тыллары төһө тутта±ыный?
93