Page 14 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 14
Туохтуур
Туохтуур буолар уонна буолбат хайааһыны көр дөрөр.
Холобур: үөрэр — үөрбэт, охтор — охтубат.
Туохтуур сороҕор аат тыл курдук пааралаһар. Сурукка дэпииһинэн холбонор.
Холобур: бар-кэл, үөр-көт.
1. Өс хоһооннорун аах. Туохтуурдары уһул.
1. Силиһэ суох мас үүммэт. 2. Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат. 3. Мээнэҕэ кыыһырыма, эрдэ кырдьыаҥ. 4. Тыала суохха мас хамсаабат. 5. Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи быстыбат. 6. Сүрэхтээх сүгүн олорбот. 7. Үчүгэй доҕор эмискэ көстүбэт.
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ?
yyДьонноох диэн тылы дорҕоонунан ырыт.
2. Буолар хайааґыннаах таабырыннары таай.
1. Сыыртан сырылыыр, хаартан халыйар баар μґμ. 2. Отмас аґылыктаах ойуоккалаан о±онньор баар μґμ. 3. Ууга олохтоох, от аґылыктаах баар μґμ.
3. Буолбат хайааһыны көрдөрөр туохтуурдаах үс таабы рынна булан уһул.
4. Буолбат хайааһыны көрдөрөр туохтууру саІа чааґынан ырыт.
Көҕөн көттөҕүнэ, чөркөй хаалбат.
14