Page 19 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 19

 3. Ойуулары көрөн, этиилэрдэ толкуйдаа. Туохтуурдары фишканан бэлиэтээ.
4. Бэлиэтэммит тыллары сомоҕо тылларынан солбуй.
1. Ваня ыксаан баран уоскуйда. 2. Ньургун улаатан, бэйэтин кыанар буолла. 3. Катя сайын ийэтигэр кыра ону-маны көмөлөстө. 4. Аҕам дьэ саҥата суох барда. 5. Оҕолор, ааны аһаҕас хаалларан, туохтан эрэ куттанан куоттулар. 6. Убайым куораттан кэлбит да, уруккутут- тан уларыйбатах. 7. Уол киһи этэрин истибэтэ, утары барда.
Туһаныллар тыллар: атахха биллэрдэ, тылыттан матта, кур бэйэтэ кубулуйбата, борбуйун көтөхтө, өрө барда, көхсө кэҥээтэ, илии-атах буолла.
   19
  





























































































   17   18   19   20   21