Page 23 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 23

2. Остуоруйаны аах.
Оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара үһү. Арай биир- дэ оҕонньор эмээхсиниттэн колобок астыырга көрдөспүт. Эмээхсин сиппийэн, хоруйан, мэһийэн, колобок оҥорон арыыга буһаран баран, түннүккэ сойута уурбут.
Колобок түннүктэн сабараанньаҕа, сабараанньаттан ок­ ко, онтон суолга төкүнүйэн түспүт уонна суол устун тө­ күнүйэ турбут.
yyОстуоруйаны салгыы кэпсээ.
3. Өс хоһоонун дор±оон фишкатынан бэлиэтээ.
Ылар илии билбэт, биэрэр илии билэр.
4. Бэриллибит саҕалааһынынан кэпсээннэ оҥорон суруй.
Балбаара эмээхсин соҕотоҕун олорор. Үнүрүүн тэрил- тэтэ биир массыына маһы тиэйэн киллэрбитэ. Саһаанныан саныыр да, сиһэ ыалдьара сүр. Мас киирбитин ыала Саша уол көрдө. ...
yyБастакы этиини этии чилиэнинэн, саҥа чааһынан ырыт. 5. Хоһоону уһул. Сүһүөх арааһын бэлиэтээ.
Тумуулаабыт мастары Тумсубунан укуоллуубун, Ис­тас ыарыыларын Иһиллээри торулуубун. Хайа ким билэрий, Ханнык эмчит эбиппиний?
Аким Кондрать
ев
23
   





















































































   21   22   23   24   25