Page 45 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 45
Этии тутаах чилиэннэрэ
Этиигэ кэпсиирэ икки, үс да тылынан бэрил- лиэн сөп.
Холобур:
Оскуолаҕа туһалаах үлэ уруоктара ыытыллар буоллулар.
Оҕолор аахтылар, суруйдулар, суоттаатылар.
Володя олус түргэнник сүүрэрэ, бырыычыка маһын урут ылара, доҕотторун өрүһүйэрэ.
1. Этиилэри аах. Тэҥнээ.
Халлааҥҥа хара былыт халыйда. Халлааҥҥа хара былыт халыйан таҕыста. Уол оскуолатын диэки сүүрдэ.
Уол оскуолатын диэки сүүрэ турда.
2. Аах. Бэриллибит тыллары туһанан, остуоруйата ай.
Олорбута үһү, баран испит, тиийэн кэлбит, көрө түс пүт, аһаан барбыт, киирэн сыппыт, утуйан хаалбыт, куота турбут.
3. Уһул.
Биһиги бөһүөлэк уһугар олоробут. Хаар ууллан бүттэ. Сааскы айылҕа тиллэн, күөх хампатын кэттэ. Кэҕэ кэрии тыаҕа чоргуйар. Чыычаахтар эгэлгэ ырыаны тардаллар.
yyХоһуласпыт бүтэй дорҕоон буукубатын аннынан тарт. yyЭтии тутаах чилиэннэрин бул.
45