Page 52 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 52
12. Сахалар о±олорун кыра эрдэхтэриттэн буойар ньыма лаахтар. Ону аньыыны кытта сибээстииллэр. Буойар этии кэнниттэн «аньыы» диэн этэллэрэ, буойан сэрэ тэллэрэ, араҥаччылыыллара, ирдииллэрэ.
Сиридойдуну хаһан да куһаҕаннык саҥарыма — (аньыы) сэттээхсэмэлээх буолар.
Ойуурга, алааска сылдьан айдаарыма — (аньыы) дой- ду иччитэ өһүргэниэ.
Ууга силлээмэ, маһынан, талаҕынан ууну охсума — (аньыы) эбэ хоргутуо.
Отумаһы алдьатыма — (аньыы) отмас иччилэрэ ыта һыахтара.
Оҕону, киһини соһутума — (аньыы) кута ыстаныа.
yyӨбүгэбит буойуута аныгы буойууттан туох уратылааҕый? yyБуойууну төһө толоро±унуй?
Этии тутаах чилиэннэрэ
Этиигэ кэпсиирэ сороҕор даҕааһын аатынан бэриллэр. Холобур:
Тоҥсоҕой дьүһүнэ эриэн саадьаҕай. Мин суумкам ойуулаах.
Убайым саата саІа.
1. Этиилэри аах. Даҕааһын ааттары бул.
1. Хара тураах обургу хааҕырҕаабытынан барда. 2. Мин таптыыр өҥүм хара. 3. Маҥнайгы хаар ыпыраас. 4. Ып ыраас ууга сөтүөлээн ыллыбыт.
52