Page 59 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 59
Этии биир уустаах чилиэннэрэ
Этиигэ биир ыйытыыга хоруйдуур уонна биир тылга сыґыаннаґар тыллар этии биир уустаах чилиэннэрэ дэнэллэр. Биир уустаах чилиэннэр икки ардыларыгар соппутуой турар.
Тугу гынар? хайыыр? диэн ыйытыыга хоруй дуур хас да тыл кэккэтэ биир уустаах кэпсиирэ буолар. Холобур:
Айаннаан иһэр поеһы өстөөхтөр ытыалааты- лар, буомбалаатылар.
Оҕолор өрүскэ сөтүөлээтилэр, умустулар, хар- баатылар.
1. Этиилэри уһул.
1. Ийэбитин бары күндүтүк саныыбыт, таптыыбыт. 2. Тула барыта тыаһыырууһуур, долгуйар, ыллыыртуо йар, үөрэркөтөр! 3. Ваня куруускатын остуолга уурда, үтүлүктэрин ороҥҥо быраҕаттаата.
yyТутаах чилиэннэри аннынан тарт. Ыйытыыларда ту руор.
2. Этиилэри уһул. Биир уустаах кэпсиирэлэри бул, сурук бэлиэлэрин туруор.
1. Бурдук барахсаны ыһан үүннэрэн хомуйан астаан буһаран аҕалар дьоҥҥо барҕа махтал. 2. Кэскил уол үчү гэйдик харбыыр умсар. 3. Оскуолаҕа оҕолор ааҕаллар су- руйаллар суоттууллар.
yyХайдах буллуҥ?
59