Page 66 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 66

1. Этиилэри аах. Ыйытыыта туруор.
Оля, Костя, Ганя оонньуу сылдьаллар. Турбут­олорбут эрэ барыта кинини ыйытар. Кыһыл, араҕас, саһархай итии өҥнөр.
2. Биир уустаах туһааннары ситэрэн этиилэри суруй.
1. (Туох?, туох?, туох?, туох?) — Саха сириттэн хан- на да барбат олохтоох чыычаахтар. 2. Бу бааһынаҕа (туох?, туох?, туох?, туох?) бурдук үчүгэйдик үүнэр. 3. (Ким?, ким? уонна ким?) алаас иһинэн оскуолаҕа сырсан иһэллэр. 4. (Ким кимниин?) сайыІІы сынньалаІнарыгар лаа±ырга бардылар. 5. (Кимнээх ким?) — оскуола бастыІ сμμрμктэрэ. 6. (Туох?, туох?, туох? уонна туох?) — ойуур олохтоохторо.
3. Тиэкиһи аах. Биир уустаах туһааннаах этиилэри бул. Сурук бэлиэтин туруор.
САЙЫН ТЫАЎА
Сайын тыаҕа олус кэрэ чуумпу.
Бары хатыҥнар үөттэр бэстэр тииттэр күөх солконон бүрүммүттэр. Тыа моонньоҕон сугун дьэдьэн сытынан дыргыйар.
Хонууга күөрэгэй чыычаахтар дьырылыы ыллыыллар. Кэрии тыаҕа кэҕэ этэр.
Халыҥ тыаҕа тайахтар киистэр сиэгэннэр саһыллар саарбалар тииҥнэр мэнээктииллэр.
yyСайын туһунан ырыата үөрэт, паапкаҕар ук.
 66
     






















































































   64   65   66   67   68