Page 76 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 76

Оҕолоро кыралар Ойуоккалыы оонньууллар, Мэнигилээн ардыгар Мэнээк бара сыһаллар.
Бэлэмнээбит аһа бүтэн Биирдэ куобах эттэ: «Ыраах мээнэ барбакка, Ытаспакка оонньооҥ».
Ырбаахытын курданна, Ыаҕайатын кыбынна, Ыркый ойуур иһинэн Ыраах баран хаалла.
Кыра­кыра куобахтар Куттанары билбэттэр — Ыркый ойуур быыһыгар Ыстаҥалыы оонньууллар.
Ийэлэрэ эппитин
Экчи умнан кээһэннэр, Ыллыктары батыһан, Ыраах баран хаалбыттар.
Элбэх­элбэх кэһиитин Эрэйинэн иҥиннэрэн, Ийэкэлэрэ кэлбитэ — Оҕолоро мэлийбиттэр.
Мэнигилээн баран хаалан Ийэлэрин куттаатылар, Бэйэлэрэ тыаҕа мунан, Ас көрдөөн ытастылар.
Сэмэн Данилов
 76
    
























































































   74   75   76   77   78