Page 8 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 8

рын мууһурдуо. Тайах мас тыаһа чигдигэ хатаннык хаа- чыргыа.
yyБастакы этиигэ туохтуур ханнык кэми көрдөрөрүн бы­ һаар. Атын харанан бэлиэтэммит туохтуурдары ити кэмІэ уларыт.
yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах тыл­ дьыттан бул.
6. Учуутал тиэкиһи аа±арын бол±ойон иһит. Туохтуурда­ ры биир, элбэх ахсааҥҥа біліхтіін уґул.
ТИИў ХАЙДАХ ИРИЭРИНЭРИЙ?
Бүгүн тымныы күн буолла. Ол да буоллар биһиги ойуур иһигэр киирэн истибит. Ол иһэн бэскэ тииҥ олорорун көрдүбүт. Биһиги одууластыбыт.
Тииҥ кэлин атахтарыгар олорон, илин атахтарынан та- лах сутукатын* имитэр. Атахтара түргэнник элэҥнииллэр. Төһө да үлэлии олордор, сэргэҕин сүтэрбэт эбит. Биһигини көрдө да, мас быыһынан кутуруга субурус гынна. Аргыһым тииҥ итинник ириэринэр диэн быһаарда.
yyБэлиэтэммит тыл суолтатын быһаарыылаах тылдьыт­ тан бул.
yyКиһи тымныыга хайдах ириэриниэн сөбүн толкуйдаан суруй, паапкаҕар ук.
7. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Туохтуур тугу көрдөрөр саҥа чааһай? 2. Ханнык ыйытыыларга хоруйдууруй?
3. Тугунан уларыйарын биллиІ?
 8
     





















































































   6   7   8   9   10