Page 81 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 81

2. Этиилэри аах.
1. Айта улахан, сырдык кылааска киирдэ. 2. Саха ты- лыгар саҥа кинигэ аахтылар. 3. Бүтэһик уруок уруһуй буолла. 4. Айта сибэккилээх хонууну ойуулаата.
yyБыһаарыыны бул.
3. Тыллары сааһылаан этиилэрдэ оҥор.
1. Дьокуускай, куорат, улахан. 2. Саҥа, дьиэлэр, Дьо- куускайга, таас, иһэллэр, элбээн. 3. Үөрэнээччилэр, саха, муусука, оскуолатыгар, талааннаах, оҕолоро, үрдүк.
yyД.а + А.т. ситимин бул.
4. Тутаах тыллары бул. Быһаарыылары долгун сураа­
һынынан аннынан тарт.
1. Бүгүн күндү ыалдьыттары көрсөбүт. 2. Дириэктэр үөрүүлээх биэчэри аста. 3. Дэриэбинэ кырдьаҕас буо­ йуннарын эҕэрдэлээтэ. 4. Кинилэр биһиги дьоллоох олох- путун көмүскээбиттэр.
5. Исхиэмэнэн этиитэ оҥорон суруй.
Хайдах? Хаһан? Ханна?
6. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Быһаарыы ханнык ыйытыыларга хоруйдууруй? 2. Хайа саҥа чааһынан бэриллэрий?
3. Хайа саҥа чааһын кытта ситимнэһэрий?
    81
    



















































































   79   80   81   82   83