Page 92 - Саха тыла 3 кылаас 2 чааһа
P. 92

  10. Тылы дорҕоонунан ырыт.
Алтынньы — ... дорҕоон, ... буукуба, ... сүһүөх.
11. Хоһоону аах.
Куттас куобах, эйигин Куула тыаттан булуохпут, Уйа тутан биһиги Лааҕырга олоруохпут.
Оччоҕо маҥан соммун
Устан кистээн кэбиһиэм. Миигин — бороҥ буоламмын — Булуоҥ суоҕа, сэгэриэм.
yyТыллары саҥа чаастарынан наардаан уһул. 12. Хайдах суруйар буолбуккун бэрэбиэркэлэн.
Уоча уол — син улахан оҕо. Кини оскуолаҕа үөрэнэр. Дьиҥнээх аата Коля диэн. Ону дьоно таптаан Уоча диэн ааттаабыттар.
Уоча доҕоро Айаал, ыалдьан, оскуолаҕа барба­ таҕа. Уоча уол табаарыһыгар күн аайы уруогун кэпсиирэ, быһаарара. Онон табаарыһа Айаал чиэп­ пэр түмүгэр үчүгэй үөрэнээччи буолбута.
Айаал табаарыһыгар махтала улахан.
 92
       























































































   90   91   92   93   94