Page 10 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 10

Туһаныллар тыллар: дьиэ, ампаар, оттугу, сибэккилэр, дьиэ сэбин-сэбиргэлин, оскуола миэбэлин, до- руобуйаҕа, тыы, сохсо, муоста.
2. Таабырыннары аах. Билиҥҥи кэми көрдөрөр туох­ туурдары уһул.
1. Ыалдьыбат да ынчыктыыр, сүтэрбэт да көрдүүр баар үһү. 2. Күн тура­тура дьиэтин сиппийэр баар үһү. 3. Биһиги үс доҕордоохпут: биирдэрэ аһатар, иккиһэ иһэрдэр, үсүһэ дьиэни хомуйар. 4. Күн аайы суунар, киэр­ гэнэр баар үһү. 5. Муҥур тиит охтон сытар үһү.
3. Туохтуурдары билиҥҥи кэмҥэ уларытан этиитэ оҥор. Ыллаабыта, уруһуйдуоҕа, үлэлээтэ.
yyЭтии тутаах чилиэннэрин бэлиэтээ.
4. Тиэкиһи аах. Туохтуурдары бул, кэмин ый.
Бойбоончо — мин атым. Суон модьу атахтардаах, на­ мыһах уҥуохтаах, халыҥ эттээх­сииннээх, хойуу сиэллээх­ кутуруктаах сиэр ат. Мин далын ыраастыыбын, кыбыыт­ тан от таһааран биэрэбин. Туос чабычахха кутан күҥҥэ биирдэ эбиэс, сороҕор дьэһимиэн илдьэн сиэтэбин. Ону олус кэтэһэр­манаһар, чабычах кыбынан иһэрбин көрдөр эрэ, кистии түһэр, бокуойа суох утары тиэтэйэ­саарайа кэлэр, модьу атахтарынан сири табыйбахтыыр. Мин кини иннигэр чабычахпын олордон биэрэбин, ону «аны был­ дьаан ылыахтара» диэбиттии сиэн обугуратар.
И. Борисов
yyЭнциклопедияны туһанан, саха сылгытын соҕуруу дой­ ду сылгытын кытта тэҥнээн көр, паапкаҕар ук.
 10
    
























































































   8   9   10   11   12