Page 100 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 100
Этии биир уустаах чилиэннэрэ
Этиигэ биир ыйытыыга хоруйдуур хас да тыл этии биир уустаах чилиэнэ диэн ааттанар. Ман нык тыллар икки ардыларыгар соппутуой турар.
1. Аах. Биир ыйытыыга хоруйдуур тыллары бул.
1. Саха сиригэр сахалар, нууччалар, эбэҥкилэр, чук чалар, дьүкээгирдэр олороллор. 2. Биһиги тыаҕа тииҥи, моҕотойу, улары, тоҥсоҕойу көрдүбүт. 3. Чээнэ кыыс кы һыл, күөх, араҕас, маҥан таастары хомуйбут. 4. Үлэ уруо гар уолаттар мастарыскыайга маһы хайыттылар, эрбээти лэр, үүттээтилэр, устуруустаатылар. 5. Илинтэн, арҕааттан, хотуттан, соҕурууттан быыппастар былчыҥнаахтар, бы һый атахтаахтар күөн көрсүһэ, күрэс былдьаһа кэлбит тэр. 6. Мастар кырыарбыттар, үрүҥ куруһуба кэппиттэр. 7. Тохтоон иһиллииллэр, олбу диэки көрөллөр. 8. Хатыҥ мастан чороон, кытыйа оҥороллор.
yyЭтиилэри этии чилиэнинэн ырыт.
2. Этиилэри аах. Сурук бэлиэтин туруор.
1. Биһиги Сахабыт сиригэр Өлүөнэ Бүлүү Марха Түҥ Алдан Амма Учур Майда Биитим Өлүөхүмэ Халыма Омол лоон Өлөөн Индигир Алаһыай Дьааҥы өрүстэр бааллар. 2. Тайах — сүрдээх сэрэх чуор сытымсах кыыл. 3. Биһи ги дьиэ кэргэн эһэбитин олус таптыыбыт ытыктыыбыт. 4. Быйыл аҕам элбэх тииҥи саһылы кырынааһы кииһи солоҥдону бултаата.
yyСаҥа чаастарынан ырыт.
100