Page 103 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 103

 Ту ́улуу
Кими эбэтэр тугу эрэ аатын ааттаан ыҥырар, туһаайар тылы туһулуу дэнэр. Туһулуу этии ин­ нигэр, ортотугар, кэннигэр турар. Сурукка туһу­ луу кэнниттэн соппутуой турар. Х о л о б у р а, Айыына, миэхэ киирэ сылдьаар. Оҕолоор, күөс- күтүн көрө сылдьыҥ.
1. Аах. Ыҥырарга туттуллубут тыллары бул.
1. Оҕолоор, тахсан көрө­истэ сылдьыҥ. 2. Ийэкээм, тыал тыаһыгар дылы тыас сыыгыныыр буолбут ээ. 3. Ха­ йа, Саһыл, ханна бара сырыттыҥ? 4. Тоойуом, мэ, бу отонноох бөрүөк уонна биир бытыылка үүт. 5. Дорообо, Кыһыл Бэргэһэчээн! 6. Нохоо! Кэл эрэ манна.
yyТугу бэлиэтии көрдүҥ?
yyОстуоруйа дьоруойдарыгар аналлаах таайбараҥна оҥор,
паапкаҕар ук.
2. Исхиэмэҕэ сөп түбэһэр этиилэрдэ толкуйдаа.
|_________, ________. |_________, ________, ________. |_________, ________.
3. Туһулууну булан сурук бэлиэтин туруор.
1. «Аҕаа бу тугу гынаҕын?» — диэтэ уол. 2. Баһыыба Мария Ивановна бөрүөккүт иһин! 3. Тукаларыам өллөхпү­ нэ — баайгытын тэҥнээн үллэстээриҥ. 4. Хайа Сима хай­
 103
    






















































































   101   102   103   104   105