Page 108 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 108
8. Буочаргын тупсар.
Этиҥнээх, чаҕылҕаннаах сайын киһитигэрсүөһүтүгэр
үчүгэй сайын буолар.
9. Кус быһый, ат бөҕө диэн өйдөбүл суолтатын быһаа рыылаах тылдьыттан бул.
10. Этиини саҥа чааһынан, этии чилиэнинэн ырыт. Бу киэһэ Костя ходуһаттан дьиэтигэр хоно барда.
11. Аат тыллары састаабынан ырыт. ходуһаттан дьиэтигэр
12. Аукцион оонньуу.
Сирэй саҥалаах этиини буларга аукциоҥҥа кытын.
Ким бүтэһик эппит кыайар.
13. Истэн дьыктаан.
1. Балык устан кэлэн оҕонньортон ыйытар: «Туох наа далаах этиҥ, кырдьаҕас?» 2. Оҕонньор саҥара тоһуйда: «Кыра да буоллар балыкка наада этим». 3. Саша хаһыы таата: «Оҕолоор, кэлиҥ, күтэри хаайдым». 4. Манчаары иһиллээтэ, саҥалар чугаһаатылар. 5. Кини өйдөөн исти битэ, эмээхсин саҥата иһиллэр. 6. «Эбээ, бу түүн ханна хонобут?» — диир оҕо саҥата. 7. «Гоша, ойбону аллар, ынах уулуур кэмэ буолла», — диэтэ ийэтэ. 8. Онуоха Гоша ыйытта: «Анньыы ханна баарый, ийээ?»
yyТуох саҥаны биллиҥ?
108