Page 115 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 115

10. Кэлэр диэн тылы саҥа чааһынан ырыт. 11. Тыллар ситимнэрин бул.
Арай сис тыа диэки бөрөлөр улуйдулар.
12. Дьэдьэнньиттэр диэн тылы састаабынан ырыт. 13. Таабырыны таай.
\[Х\] дорҕоонтон саҕаланар, \[С\] дорҕоонунан бүтэр дьү­ рүһүйэр куолас баар үһү.
14. Сөптөөх сурук бэлиэлэрин туруоран этиилэри уһул. КЭРЭ ДА КЭМ
Уһун кыһын кэнниттэн самаан сайын кэлиитэ кэрэ кэм тула күп­күөх күн уота көмүс аалыытын курдук күөх унаар халлааҥҥа сандаарар күөрэгэй чыычаах дьири­ биниир кэрии тыа кэтэҕэр кэҕэ этэн чоргуйар биһиги оҕолор көҥүл көччүйбэхтиибит күҥҥэ хаста да ыраас ууга дуоһуйуохпутугар диэри сөтүөлүүбүт оттон күөгүлүүбүт хайдах курдук үчүгэйий
15. Сыл устата төһө бэрт сэһэнньит буолбуккун сыана- лан.
yyУруокка учууталгын, бииргэ үөрэнэр оҕолоргун болҕо­ йон истэр буол. Сэргэх истээччи элбэҕи билэр, сэһэн­ ньитин да үөрдэр.
115
      

























































































   113   114   115   116   117