Page 16 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 16

11. Тылы дорҕоонунан ырыт.
Үөрбүттэр — ... дорҕоон, ... буукуба, ... сүһүөх.
12. Аахпыттан талан суруйуу. Аах, уол таҥаһа хайдах дьиэтигэр баар буолан хаалбытын туһунан суруй. Тиэкискин ааттаа.
Мин дьиэбэр суоҕум. Куоракка үөрэнэ сылдьарым. Биирдэ таайым уола Коля Васябытын балыкка илдьэ бар­ быт.
Түүн хойутаан кэлэннэр, Вася дьиэтигэр тиийбэккэ, ол Колялаахха хоно хаалбыт. Сытыйбыт уһун эрэһиинэ саппыкыларын, ыстааннарын дьиэ сабараанньатыгар* уурталаан баран утуйбуттар. Арай күнүс туран кыра уол таҥнаары көрбүтэ, саппыкылара да, ыстаана да суохтар. Оттон дьиэлээх Коля таҥастара тыытыллыбатахтар. Дьэ дьиктиргээһин буолар.
Вася Коля бырааттарын таҥаһын уларсан таҥнан, дьиэ­ тигэр кэлэн көрбүтэ, бэйэтин таҥаһа дьиэ аанын таһыгар сытар эбит.
Уол таҥаһын килэмиэтир курдук ыраах баар атын дьиэттэн ыта таспыт. Хаста кырыммыта биллибэт. Түүн ыал туруон иннинэ таспыт быһыылаах, ким да көрбөтөх. Бука кини: «Биһиги малларбытын аҕалан бырахпыттар, оттон иччим дьиэтигэр сыттаҕа, хомуйуохха», — дии са­ наабыт чинчилээх.
Константин Майыарыскай, Семён Винокуров
13. Хоһоону аах.
Хайдах саҥараргыттан Харда ылыыҥ тутулуктаах.
 16
      























































































   14   15   16   17   18