Page 21 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 21

Туохтуур ааспыт кэмэ
Туохтуур ааспыт кэмэ хайааһын урут бүппү­ түн эбэтэр саҥарыах иннинэ бүппүтүн көрдөрөр.
1. Тиэкиһи аах. Аатта биэр.
Халлаан тымныйыаҕыттан ыла таһырдьа өр тулуйан атах сыгынньах сылдьыбатаҕым. Биир киэһэ ийэм, мии­ гин ыҥыран ылан, атахпын туоска үктэннэрэн, кэмнээн ылбыта уонна борооску имиллибит тириититтэн кырыйан, миэхэ этэрбэс тикпитэ. Ол киэһэ ийэм аттыттан арах­ патаҕым. Кини иннэтинэн хаста тэһитэ анньарын барытын ааҕа көрөн турбутум. Этэрбэстэрим тигиллэн бүппүттэрэ. Ийэм эргэ өрбөхтөн тыыра тардан, онньуускалаан этэр­ бэспин кэтэрдибитэ. Этэрбэс кэтэн баран сиргэ үктэнэн көрүтэлээтим. Оо, сымнаҕаһа, ичигэһэ үчүгэйиэн!
Николай Якутскай
yyТуохтуурдары уһул. yyХаннык кэми көрдөрөллөрүй?
2. Ааспыт кэм туохтуурунан сирдэтэн, сирэй солбуйар ааттары ситэрэн суруй.
1. ... биирдэ бырааппыныын ынах хомуйа барбытым. 2. ... пиэрмэҕэ сырыттыбыт. 3. ... бибилэтиэкэҕэ ааҕаач­ чылар кэмпириэнсийэлэригэр сылдьыбыттара. 4. ... бы­ лырыын элбэх отону хомуйбута. 5. ... суругунан үлэҕин «5» сыанаҕа суруйбуккун. 6. ... кыһыҥҥы айылҕа кэрэ көстүүтүн көрбүккүт.
yyСуругунан үлэҥ тупсарын курдук былаанна оҥоһун.
 21
     
























































































   19   20   21   22   23