Page 54 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 54

14. Билэр махтал тылларгын суруй. yyХаһан туттаргын кэпсэтис.
yyБу тыллары төһө билэргин сыаналан. Хатылаа ́ын
Биридимиэт тугу гынарын көрдөрөр саҥа чаа­ һа туохтуур диэн ааттанар. Тугу гынар? хайыыр? диэн ыйытыыга хоруйдуур. Икки эбэтэр хас да биридимиэт тугу гынарын көрдөрөр тыл элбэх ахсааҥҥа турар. Кини кэминэн, ахсаанынан, си­ рэйинэн уларыйар.
1. Аах. Туохтуурдары булан кэмин, сирэйин, ахсаанын ый.
1. Кууруссаны киһи ииппитэ биэс тыһыынча кэриҥэ сыл буолла. 2. Эдэр кууруссалар сылга үс сүүстэн тах­ са сымыыты сымыыттыыллар. 3. Туруйа өлбүт доҕорун аһыйыыта миигин олус уйадыппыта. 4. Мин Владивостокка үөрэнэ сылдьыбытым. 5. Сотору өрүстэр, күөллэр муус­ тара ууллуо. 6. Кэрэ­дьикти ойуулаах лыахтар тэлибирии көтүөхтэрэ. 7. Илиигин уунаҥҥын өр да турбутуҥ.
2. Аах. Туохтуурдары бул.
Саха, саха ыччата,
Ыллааҥ­туойуҥ, үҥкүүлээҥ!
 Тулабын көрөбүн, Олуһун үөрэбин,
Н. Матвеев
 54
      























































































   52   53   54   55   56