Page 59 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 59

4. Көтүтүллүбүт туохтуурдары кэлэр кэмҥэ уларытан, этиилэри ситэрэн уһул.
1. Өйүүн оскуола оҕолоро күрэхтэһэ .... 2. Убайым хо­ туттан элбэх таба тыһын .... 3. Саас буолан сыһыыларга, толооннорго хаар .... 4. Аны күһүн биһиги бары бииргэ бэһис кылааска .... 5. Эдьиийим Маша сарсын куораттан .... 6. Сайын алаастарга араас дьэрэкээн сибэккилэр ....
5. Ыйытыыларга хоруйдаа.
1. Туохтуур тугунан уларыйарый?
2. Соруйар киэп элбэх ахсаана туох уратылааҕый? 3. Туохтуур этиигэ ханнык чилиэн буоларый?
6. Буочаргын тупсар.
Хаар сэтинньиттэн ыла көмүрүөтүйдэҕинэ — хаартан
уу кэлбэт.
7. Сүргэтэ көтөҕүллүбүт диэн өйдөбүл суолтатын бы­ һаарыылаах тылдьыттан бул.
8. Көр диэн туохтууртан сыһыарыы көмөтүнэн ким эл- бэх тылы үөскэтиэй?
9. Аах.
— Дуня, кинигэҥ иһин махтал!
— Баһыыба! Эйиэхэ кинигэбин өр туппакка аҕалбык­ кар махтанабын! Атыттар ааҕаары күүтэллэр.
yyӨссө атыннык хайдах хардары махтаныахха сөбүй? yyЭн харда махталы төһө туттаҕыный?
59
       



















































































   57   58   59   60   61