Page 65 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 65

4. Аах. Бэлиэтэммит тылларга ыйытыыта туруор.
1. Аҕам кинигэни үөһэ уурда. 2. Онно элбэх киһи мустубут. 3. Кинилэр тэйиччи тураллар. 4. Уҥуор муҥха­ һыттар сылдьаллар. 5. Сарсын бары мантан барыахпыт.
yyБу тыллар тугу билиэтииллэрий? 5. Утары суолталаах тыллары суруй.
үөһэ — манна — илин — эрдэ —
антах — манан — инники — бэттэх —
yy2—3 этиитэ толкуйдаа.
6. Уһул. Хаһан? хантан? ханна? ыйытыыга хоруйдуур
тыллары бэлиэтээ.
1. Бэҕэһээ киэһэ кустуу арыыга киирбитим. 2. Мин сарсын үс куһу бултаан кэлиэм. 3. Мин манна дулҕа быыһыгар уон тиргэни иитэн кэбистим. 4. Сарсыарда эрдэ туран тиргэлэрбин көрө барбытым. 5. Сотору мин ула­ хан буруйу оҥорбутум. 6. Мантан ыраах дуо? 7. Билигин кини мин уларбын уоран сиэ суоҕа. 8. Андылар соҕуруу, кыстыыр сирдэригэр, барбыттара ыраатта. 9. Таһырдьа сүүрэн тахсабын. (Н. Якутскай)
7. Бэлиэтэммит тылларга ыйытыыта туруор, кэлим ааты­ нан солбуйан суруй.
1. Киһибитин бэрт өр күүттүбүт. 2. Аҕам түүн ортото кэлбит. 3. Хараҥа буолуута тарҕастыбыт. 4. Оонньоон­ көрүлээн сарсыарда халлаан сырдыыта тарҕастыбыт.
65
   






















































































   63   64   65   66   67