Page 77 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 77

8. Буочаргын тупсар.
Саас көмнөх хаара эрдэ түстэҕинэ — тыаллаах, уута
суох саас буолар.
9. Туйаҕын хатарбыт диэн өйдөбүл суолтатын быһаа­ рыылаах тылдьыттан бул.
10. Биллибит диэн тылы саҥа чааһынан ырыт.
11. Куллугурууллар диэн тылы сүһүөхтэргэ араар.
12. Хоһоону аах. Манна олоҕуран сыылба оҕо туһунан кэпсээннэ ай, паапкаҕар ук.
СЫЫЛБА
Сарсыарда ситэ тарааммакка, Бартыбыалын кыбынан Сылларыйда сыылба. Көрүдүөр иһэ чуумпурбут, Уруок буола охсубут,
Оргууй киирдэ сыылба.
Виктор Башарин
13. Төлөпүөнүнэн сиэрдээх кэпсэтии быраабылатын оҥор. Төлөпүөнүнэн кими кытта сибээстэһиэххин сөбүй? Ки­
нилэри кытта кэпсэтии туох уратылааҕый?
yyБу быраабыланы төһө туһанаргын сыаналан.
77
       



















































































   75   76   77   78   79