Page 88 - БУКУБААР
P. 88

88
ХАТЫў
Ырыаҕа ылламмыт, Хоһооҥҥо холбоммут Маҥанчаан хатыҥым, Мааныгын даҕаны!
Оргууйдук, оргууйдук Суугунаа, суугунаа, Намылхай лабаанан Далбаатаа, далбаатаа!
Үп-үрүҥ туоскуттан Үүт-сүөгэй кэлииһи, Сэбирдэх аайыттан Күөх былаат үүнүүһү!
Пётр Тобуруокап
КҐ¤ҐН
Хаһыҥ түһэн, сарсыарда Хатыҥ чараҥ кырыарда. Сэбирдэхтэр туруттан Сиргэ дайан түстүлэр.
Кустар хоту дойдуттан Куһугуруу көттүлэр, Эриэн ситии быа хатан, Эймэннилэр үөр хаастар.
Михаил Тимофеев

























































































   86   87   88   89   90