С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт, СӨ АТ «Олоҥхо тыйаатыра», научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо Киинэ, Дьокуускай куорат үөрэҕин салалтата тэрийэн ыытар норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала буолбут — олоҥхобут тылын-өһүн дириҥник билэргэ туһуламмыт, куйаар ситиминэн ыытыллыбыт V өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо олимпиадатын түмүгэ таҕыста.
Уус-уран тылынан сааһылаан суруйары, ааҕары иҥэрэр, сиһилии ымпыктаан быһаарар сүдү айымньы олоҥхобут буоларын биллэрэр сыаллаах олимпиадаҕа 7 кылааска — 108, 8 кылааска-96, 9 кылааска — 76, 10 кылааска — 61 үөрэнээччи барыта өрөспүүбүлүкэ 22 улууһуттан (Абый, Амма, Алдан, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Эдьигээн, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Таатта, Уус Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Чурапчы, Хаҥалас улуустарыттан)–уонна Дьокуускай куораттан 341 оҕо кытынна. Манна даҕатан эттэххэ, 2020 сылга- 14, 2021 сылга — 16, 2022 сылга -22, 2023 сылга -24 улуус кыттыыны ылбыта.
Олоҥхо олимпиадатын сорудаҕа түөрт түһүмэхтээҕэ «Олоҥхо ис хоһооно», «Олоҥхо уран тыла», «Олоҥхо – үтүө санаа өрөгөйө», «Олоҥхо тылдьыта».
Кылаас ахсын сорудахтар үөрэх бырагырааматынан киирбит олоҥхолорго тирэҕирбитэ. Кыттааччылар түһүмэхтэр сорудахтарын араастаан толорбуттар. Хоруйдарыттан көрдөххө, куйаар ситиминэн ыытылларын быһыытынан сорудахтар сигэлэрин кэмигэр хачайдаан ылбакка эбэтэр сибээс тэтимэ бытааран, сүнньүнэн техническэй мэһэй баар буолан сорох түһүмэхтэргэ хоруй суох. Хас биирдии түһүмэххэ сигэ тус-туһунан ыйыллыбытын болҕомтолоохтук көрөн толоруу мөлтөх.
Эппиэттэр ис хоһоонноругар ордук хоһу, бөрүкүтэ суох тыллаах хоруйдар эмиэ бааллар. Хас бииирдии кыттааччы – учуутал, оскуола сирэйэ буолар. Уопсай боротокуолга аһара кыра бааллаах, олох да баал ылбатах, кыттыахха эрэ диэн кураанах көрдөрүү соччото суох.
Куйаар ситиминэн ыытыллыбыт олоҥхо олимпиадатыгар көхтөөхтүк кыттыбыт бары үөрэнээччилэри уонна учууталлары эҕэрдэлиибит!
Туоһу суругу хас биирдии кыттааччы хачайдаан ылар. Кыайыылаахтарга, миэстэлэспиттэргэ, биһирэбил дьупулуом ылбыт кыттааччыларга наҕараадаҕыт электроннай почтаҕытыгар ыытыллыаҕа.
Олоҥхону билэр, ааҕар, ырытар дьоҕургут сайда турдун!
Информационная медиа-платформа изучения
и преподавания родных языков РС(Я)
и преподавания родных языков РС(Я)
НовостиСонуннар
2024-2025 ФЕДЕРАЛЬНАЯ ОЛИМПИАДА ШКОЛЬНИКОВ (ПО РОДНЫМ ЯЗЫКАМ И ЛИТЕРАТУРАМ) ОТБОРОЧНЫЙ ЭТАП
18 декабря 2024, 12:56
Итоги IV республиканской метапредметной олимпиады учителей якутского языка и литературы, русского языка и литературы, посвященной Году Семьи, Году Детства и 80-ой годовщине Победы в Великой Отечественной войне.
16 декабря 2024, 12:12
ОЛОҤХО ОЛИМПИАДАТЫН ТҮМҮГЭ
25 ноября 2024, 09:45
- День родного языка (Разговоры о важном)
- Дистанционные курсы Липатова С.А.
- Конструктор рабочей программы
- Презентации
- Проведи урок
- Работа курсантов
- Рабочая программа
- Распространение опыта
- Таблицы, схемы
- Тесты
- Технологическая карта урока
- Учуутал холбуката-2024 (учууталлар үлэлэрэ)
- Учуутал холбуката-2024 күрэс кыттыылаахтарын туоһу суруктара
- Учуутал холбуката-2024 күөн күрэс кыайыылаахтарын добун суруктара
- Учууталлар уопуттара
- Фотоматериалы, картинки