Page 89 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 1 КЫЛААС
P. 89
Кэрээбэт, кэрэ-бэтиэхэ
Кэпсээннэрин тылбаастыыбын.
«Сибии-сүө-сиэ, сибии-сүө-сиэ» —
Сөрүүн сүөгэй сиэм, — диэн,
Ыркыйга*, ойуурга
Ымыы ыллыы олордо.
«Үү-чэ-чэ, үү-чэ-чэ» —
Үүт чөчөгөй*, үүт чөчөгөй! —
Диэмэхтээн эттэ
Түөрэҥэлэс чөкчөҥө.
Чардырҕас* саҥалаах
Талах чыычааҕа:
«Кчэх, кчэх, кчэх», —
Күөччэх ас көрдөөтө.
«Чи-чии-үү, чи-чии-үү», — дии-дии,
Итии үүт иһээри,
Бырыы-бадараан кытыытынан
Былдьырыыттар сырсаллар.
«Бычычы» — бу чыычый, — диир.
Барыттан бары сэрэммэхтиир
Сып курдук кутуруктаах
Сылгы чыычааҕа.
«Чирик-чирик» —
Дириҥ-дириҥ, — диэбит