Page 13 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 13
Платон Ламутскай
ХОМУС ЫРЫАТЫН ИҺИТТИМ
1. Х оһоону истэ олорон, хараххар туо х көһүн-
нэ?
2. Ааптар хомус ырыатын туохха холоото?
3. Ааптар хоһоонун тоҕо «Хомус ы ры аты н иһит-
тим» диэн ааттаабытый?
4. Хоһооҥҥо дьүөрэлэһэр сүһүөхтэри булан эти-
тэлээ.
Айаҥҥа муус струналар
Таба туйаҕар лыҥкыныыллар.
Ону истэн куобахтар
Кулгаахтара хамсыыллар.
Намыын* дорҕооннор төрүүллэр
Нарын имигэс тарбахтан.
Ол тыҥкыныыр уустуга
Айах иһиттэн суккуллар.
Утуйбут эһэни умсугутуох
Ол ырыа аппаларга охсулунна,
Улуйар буурҕаны тохтотуох
Туундара устун кутулунна.
Сүрэх аайы тиийэн
Киэҥ сааланы киэптээтэ.