Page 3 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 3
КҮНДҮ ҮӨРЭНЭЭЧЧИ!
Эн «Литература ааҕыыта» диэн ик-
кис кылааска үөрэх кинигэтин арыйдыҥ.
Кинигэҕин кытта билис. Таһын, иһин үчү-
гэйдик көр.
Кинигэҥ хас биирдии салаата ытык
өйдөбүлүнэн саҕаланар. Бу — киһи ай-
мах үйэттэн үйэҕэ өрө тутан илдьэ кэл-
бит үтүө өйдөбүлэ, бастыҥ үгэһэ буолар.
Ол туһунан ханна да, хаһан да буоллар-
гын өйдүү сырыт.
Кинигэҕэр төрөөбүт тылгынан араас
омук суруйааччыларын айымньыларын
ааҕыаҥ, сэҥээриэҥ, айымньы умсул-
ҕаннаах эйгэтигэр киириэҥ. Хас биир-
дии айымньыны ааҕан, ааҕар сатабыл-
гын сайыннарыаҥ, саҥаны билиэҥ, сай-
дыаҥ.
«Литература ааҕыыта» үөрэх кинигэтэ
уонна эн истиҥ доҕордуу, ситиһиилээх
буолуоххутун баҕарабыт!
Ааптардар