Page 227 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 227
кырдьык, харчыны булан ылыах да±аны, арай онтукабыт кыра,
туґата суох буолан хааллын? Ити Бырдаахап ыаллара этэллэр
ээ: киниэхэ туох да улахан уурумньу харчы суох буолуо диэн.
Ол хайда±ый?
С и л э э х т э С э м э н. Ээ, инньэ диэн баара дуо! Биґиэ
хэ уон, сµµрбэ да сµµс буолла±ына да±аны, улахан туґа. Ол
харчынан кµіннэнэн, куоракка киирэн хаартылаан, биэс уон
икки эмэгэккэ дьолбутун тускулата оонньоон кірµіхпµт этэ
буолла±а.
К у о н а а н. Эчи ким билэр, до±ор! Хаарты кµтµр эрэлэ
суох ба±айы буолуо эбээ.
С и л э э х т э С э м э н. Ээ нохоо, акаарыгын биллэрэ ту-
рума! Итинтэн атыннык биґиги сµбэлэґэрбит диэн суох. Саха
іґµн хоґооно баар: таІара баайдаах, уол о±о дьоллоох диэн.
Онон толкуйдаатахха, ба±арда±ына, хаарты маатыска биґиги
диэки мичик гынна±ына, дьол тірді онтон тахсыа этэ буол-
ла±а. Эн дьоллоох уол о±о буоллаххына, баайга анабыллаах
киґи буоллаххына, биґиги хаартынан сµµйµіх тустаахпыт.
К у о н а а н (тохтуу тµґэн баран). Оннук да буолсу. Миэхэ
аны хайата да син биир. Ґіґэттэн анабыллаах буоллахпына,
мин Марыынаны ойох ылыах тустаахпын. (Турар.) Мин аны эн
сµбэ±иттэн, тылгыттан тахсыам суо±а. (Эр хаанын ылынар.)
С и л э э х т э С э м э н. Дьэ, Куонаан, саамай сіпкі эт-
тиІ. Эн биґикки санаабытын эрэ холбооторбут, тугу да тулу-
туохпут суо±а. Бэйи ууса, Бырдаахап баайы, куґа±ан тыынынан
сирэйдэнэн, µбµн кітµтэн ылан, со±отох кыыґын ойох ыларбыт
буолуо! Билигин кини дэлбэрийэн эрдин, сібі кістµі!
Бараллар.
Быыс.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Куонаан Марыынаны таптаабатын хайдах быґаарыахха
сібµй?
2. Куонаан: «Кырдьыга да±аны, мин со±отох эйигин эрэнэн
бу дьахтары ыйытан кіріірµ гынабын», — диир. Манан
суруйааччы тугу этэр дии саныыгыт?
3. Бырдаахап баай µлэ±э хайдах сыґыаннаа±ый?
4. Бырдаахап: «Бу аан дойду µрдµгэр ыал буолар, баай байар
са±а эрэй, кыґал±а баа𠵴µі», — диэн то±о этэрэ буолуой?
5. «Куґа±ан тыын» диэнинэн Бырдаахап тугу ійдµµрµй?
227