Page 62 - Литература 11 кылаас 1 чааhа
P. 62
Ґґµс баґа
I
Тіґі да Сыгынньах ойуун, кірµµлэнэн, Маайаны моІнубут
маґын кытта ірµс уутугар барбыт диэбитин иґин, тіґі да оч-
чотоо±у кэмІэ аньыы-абааґы итэ±элэ куттаабыт дьоно: «Маа-
йа µірµн кірдµбµт», — диэбиттэрин иґин, тіґі да µс аатырар
ойуун кэлэн «µірµ» илэ-бодо курдук тутан µтэйбиттэрин иґин,
Маайа сµттэ±ин тµµн туох буолбутун ырыттахха маннык этэ.
— Сµідэ-эр, мин эйигин билигин ханна да ыытыам суо-
±а! — Маайа ір кэтэспит таптыыр до±орун кірсµбµт µірµµтµгэр
туймаарар.
Сµідэр, Маайаттан куотаары гыммыт курдук, чинэрис гынар.
— Кэбис… туох диэн эттэххиний? Мин суолум туспа, эн
суолуІ туспа… Мин ыал хамначчытабын, баайым да суох,
уруум-хааным да суох киґибин… Јлліхпµнэ да, мин эрэйдээ±и
аґынар, аґыйар киґи суох…
Маайа, Сµідэри ситэ саІардыбакка эрэ, «эйигин таптыыр,
аґынар, аґыйар мин баарбын!» диэбиттии, ыбылы кууґар уон-
на туох да бокуойа суох ууруу-ууруу:
— Ханна да ыытыам суо±а! — диэмэхтиир.
«Баайдар о±олоро бары манныктар быґыылаах. Кинилэр
тугу эппиттэрин сокуон оІосто µірэнэн хаалбыттар», — дии
саныыр Сµідэр уонна Маайа илиилэрин кµµскэ тілі охсон
кэбиґэр.
— Мин эн дьоІІор киириэм суо±а!
Маайа, били бастаан кірііт соґуйбутун, куттаммытын кур-
дук, Сµідэр сирэйин-хара±ын одуулаґар уонна аргыый а±ай
этэр:
— То±о?.. Дьонум эйигин олус кіґµтэллэр ээ.
— Мин биир баай кулуба кµлµµ оІостубутугар, ата±астаа-
бытыгар да сіп буолан сылдьабын, — диир Сµідэр, абар-
быт-сатарбыт курдук, уонна киэр хайыґар.
Маайа эмиэ сылаас бэйэлээхтик кууґан ылар:
— Кэл, олоруох!
Эмиэ урут олорбут дµлµІнэригэр олороллор.
— Туох буолбутун миэхэ сиґилии кэпсээ эрэ, — диир Маайа
уонна Сµідэр кэпсээнин биир да саІата суох таалан олорон
истэр.
Сµідэр кэпсээн бµппµтµн кэннэ кыыс µіґэ тыынар, олорор
дµлµІнэрин аттыгар µµнэн турар сарбынньахтаах сэбирдэх-
тээх оту туура тардан ылар уонна:
62