Page 139 - Саха тыла 1 кылаас
P. 139

 С
Сохсо — булду (холобура, куобаҕы, эһэни, онтон да атыттары) баттатан өлөрөргө анал­ лаах маһынан оҥоһуллубут булт сэбэ. Сөрүө — сылгы түүтүнэн, кылынан өрөн ха­ тыллыбыт тэллэх.
Суха — оҕуһунан состоруллар сир хорутар тэрил.
Т
Тэҥкэ — өрүс, үрэх түбэлэригэр үүнэр бө­ дөҥ үрдүк мас.
Ү
Үөлэс — оһохтон буруо тахсар хайаҕаһа. Х
Хагдаҥ — үүнэрэ тохтоон саһарбыт, күөҕүн сүтэрбит (от).
Хайах — арыыны үүккэ булкуйан, ытыйан оҥоһуллар, тоҥорон баран сиэниллэр ас. Халаан — саас муус барарыгар өрүс, үрэх уута кэлиитэ, угуттааһына.
Харалдьык — саас хаар ууллуутугар эрдэ хараарбыт сир.
Хоҥор — кытарымтыйан көстөр болоорхой.
139
  






















































































   137   138   139   140   141